Адресг. Якутск, ш. Покровское, 16 км, д. 2
Версия для слабовидящих
г. Якутск, ш.Покровское, 16км, д. 2Приемная комиссия9:00 до 18:00, Пн - Пт+7 (999) 999-99-99
Приемная комиссия
  • 9:00 до 18:00, Пн - Пт
  • +7 (4112) 316‒003

М.Е. Николаев – норуот лиидэрэ

  Сахабыт норуота үйэтин тухары киэҥ тутта кэпсиир, ахта саныыр, махтанар сүдү киһибит М.Е. Николаев республиканы салайар кэмигэр норуотун туһугар оҥорбут сүдү бырайыактара билигин Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга киэҥник биллэн, холобур буолан историяҕа көмүс буукубаннан суруллан хааллылар.
М.Е. Николаев – норуот лиидэрэ

  Ол курдук, Михаил Ефимович Николаев 20 үйэ 90 - нус сылларыгар өрөспуубулукэҕэ олорор норуоттар тылларын баайын үөрэтиигэ, тылы харыстыырга, тыл баайын сайыннарыыга, култуура, этнография уонна фольклор сайдыытыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ, ону таһынан саҥалыы арыйыылары, аныгы искусство сайдыытыгар уонна ону сайыннарыыга  инникини өтө көрөн култуура уонна профессиональнай таһымнаах искусство Саха сиригэр күүскэ сайдыытыгар сөптөөх суолу тобулбута.  

  Дойду үөрэхтээһинигэр саҥа суурээннэр киириилэрэ онно олук буолбута. 

IMG_2982.PNG

  1992 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр тахсыбыт «Саха Өрөспүбүлүкэтигэр култуура уонна искусство хайысхатыгар государственнай өйөбүлү күүһүрдүүгэ анаммыт»  уураах көмөтүнэн  өрөспүүбүлүкэбитигэр Муусука үрдүкү оскуолатын арыйыы уонна тоһоҕолоон  республика бары муннуктарыттан талааннаах оҕолору биир сиргэ түмэн үөрэтии, сайыннарыы боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ.

  Михаил Ефимович республикаҕа культура уонна искусство сайдыытыгар хайаан да бэйэбит иитэн – үөрэтэн таһаарар кадрдарбыт наадаларын өйдөөн уонна ону олоххо киллэрэргэ саҥа аныгылыы  тииптээх  үөрэх кыһалара баар буолуохтаахтарын бигэтик санаан бу боппуруоһу бэйэтин хонтуруолугар ылбыта.

  Бу саҥа хайысхалаах үөрэх кыһатыгар бары улуустартан талааннаах оҕолору 6 саастарыттан сүүмэрдээн алын сүһүөх кылаастан саҕалаан орто анал уонна үрдүк үөрэх дипломун ылыахтарыгар диэри үөрэтэн – сайыннаран, үрдүк таһымнаах профессиональнай музыканнары бэлэмнииргэ сыал – сорук турбута.

  Бу тэрээһиҥҥэ Михаил Ефимович көрдоһүүтүн ылынан республикабыт култууратын уонна искусствотын биллиилээх үлэһиттэрэ 9000-тан тахса оҕону көрөн-истэн,  сүүмэрдээн, 100 араас саастаах  талааннаах ыччаты оскуола бастакы үөрэнээччилэринэн ылбыттара.

  Михаил Ефимович бу саҥа үөрэх кыһатын аатын бэйэтэ толкуйдаабыта уонна  хайдах, туох былааннаах үлэлиэхтээҕин, инники кэскиллээх чопчу соруктары туруорарга уонна ону ситиһэргэ былааннаах үлэни чопчулуурга сорудах туруорбута.        Билигин бүтүн Россия үрдүнэн маннык үөрэх кыһата биһиги эрэ республикабытыгар баар.

  Биллэн турар, нэһилиэнньэ ортотугар бу улахан сыаналаах, элбэх ороскуоту ирдиир тутууну Президент искусство курдук хайысхаҕа биэрбитин сөбулээбэккэ утары да этээччилэр баар буолбуттара уонна бу оҕолор ситиһиилэрэ хас эмэ уонча сылы кэтэһиннэрэн баран биллиэ эрэ, биллимиэ эрэ диэччилэр элбэхтэр этэ. Үөрэнии сылларын холбоотоххо бастакы үрдүк үөрэхтээх специалистар 16 сыл буолан баран диплом ылан дьэ дьиҥнээх түмүктэри көрдөрүөхтээхтэр курдуга. Дьэ оччоҕо эрэ, бу бырайыак сөптөөҕө, сыыһата биллиэхтээҕэ.

  Онон республикабыт сайдыытыгар М.Е. Николаев бу саҥа сүүрээни киллэрбитин өйүүргэ уонна инники кэскиллээҕин дакаастыырга Муусука үрдүкү оскуолатын педагогическай коллектива биир санааҕа киирэн, түмсүүлээхтик үлэни ыытан, элбэх ыарахаттары да көрсөн, инники диэки куускэ хардыылаабыта.

  Оскуола инники сайдыытыгар Михаил Ефимович өссө биир күүстээх бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрбитэ. Ол курдук, Россия биллэр музыкальнай үөрэх кыһаларын кытта ыкса ситими олохтоон, Москватааҕы П.И. Чайковскай аатынан, Санкт - Петербург Н.А. Римскэй - Корсаков аатынан, Новосибирскайдааҕы М.И. Глинка аатынан консерваториялар, Гнесиннэр аатынан Россиятааҕы муусука академиятын биллиилээх профессордарын тус бэйэтэ көрсөн, тылын ылыннаран маастар кылаастары кэлэн биэрэллэрин ситиспитэ.  

6477f5b170cb8.jpg

  Сыл устата уонунан профессордар кэлэн оҕолору кытта эбии дьарыктанан, уһуйааччыларга сыаналаах сүбэлэри биэрэн, бэйэлэрин опыттарын кэпсээн бараллара – бу чахчы сүдү улахан көмө буолбута.

  Аны Россияҕа талааннаах оҕолору түмэ тардар  «Саҥа ааттар» фонданы кытта бииргэ улэлииргэ сорудах биэрбитин, оскуола үөрэххэ уонна концертнай улэлэргэ проректора Т.П. Сафронова бэйэтин илиитигэр ылан былааннаах улэлэри саҕалаабыта. Бу фонда чэрчитинэн сылын ахсын Суздаль куоракка тэриллэр Сайыҥҥы творческай оскуолаларга оҕолору уһуйааччыларын кытта илдьэн сайыннарыы, Республикаҕа бастакы «Новые имена Якутии» эдэр талааннаах толорооччулар конкурстарын тэрийэн ыытыы профессиональнай музыканнары иитэн таһаарыыга уонна кинилэр инники сайдыыларын түстүүргэ дьиҥнээх чаҕылхай ситиһии буолбута.

  Михаил Ефимович уһуйааччыларга республика, Россия эрэ таһымынан олорбокко, аан дойду таһымыгар тэҥнэһэргэ сорук туруорбута. 

  1995 сыллаахха кырачаан скрипачтар ансаамбылларын Правительственнай делегацияҕа киллэрэн Австрияҕа илдьэ барбыта, дьэ онтон ыла скрипачтар ансамбыллара Москва, Санкт-Петербург, Казань уонна да атын куораттарга Сахабыт сирин култууратын үрдүк таһымҥа көрдөрбуттэрэ.

  Михаил Ефимович хара маҥнайгы кунтэн оҕолору бэйэлэрин хайысхаларынан араас конкурстарга бэлэмнээн кытыннарыыны сүрүн сыал туруоран үлэлииргэ чопчу этии киллэрбитэ. 

  Бүгүн Муусука үрдүкү оскуолата култуура уонна искусство сайдыытыгар республика таһымыгар эрэ буолбакка, бүтүн Россия, аан дойду билиниитин ылбытын үөрэнээчилэрэ уонна студеннара Бүтүн Россиятаҕы, Аан дойдутааҕы конкурстарга тыһыынчанан лауреат, дипломант, Гран-при хаһаайыннара буолбуттара туоһулуур. 

  Муусука үрдүкү оскуолата билигин республикабыт култууратын уонна духуобунаска сайдыытыгар чопчу саҥа суурээннэри киллэрбит сүдү суолтатын бары үрдүктүк сыаналыыбыт уонна өйдүүбүт.

  Ол курдук оскуола аһыллыбытын кэннэ 12 сыл буолан баран Россия култууратын үтүөлээх деятеллэрэ, профессордар Л.И. Габышева, С.М. Афанасенко, Саха республикатын үтүөлээх артыыһа Н.Н. Петрова сыралаах үлэлэрин түмүгэ - Бүтүн Россиятааҕы, аан дойдутааҕы конкурстар лауреаттара - «Виртуозы Якутии» государственнай скрипка ансаамбыла тэриллэн, Россияҕа уонна аан дойдуга биллэр биир талааннаах коллектив буолла. 

  Биир сүдү улахан бырайыагынан Г.М. Кривошапко аатын сүгэр Государственнай Филармония буолар. Бу култуура тэрилтэтин музыкальнай коллективтара – симфоническай, духовой оркестрдара, хор коллектива Муусука үрдүкү оскуолатын бүтэрбит уонна үөрэнэ сылдьар үрдүкү профессиональнай таһымнаах музыканнарынан толоруллан бэйэтэ туспа анал сыаллаах - соруктаах биир киэҥ туттар коллективпыт буолла.

ывпврара.jpg

  Опера уонна балет государственнай тыйаатырын симфоническай оркестра, хорун коллектива, солистара эмиэ биһиги выпускниктарбытыттан, студеннарбытыттан тэриллэн сүдү улахан бырайыактардаах, туспа хайысхалаах коллектив буолар.

  Концертнай үлэни сүрүннүүр филармония үлэтин чэрчитинэн былааннаах тэрээһиннэр сыл устата куорат оскуолаларыгар, детсадтарыгар, үөрэх тэрилтэлэригэр, улуустарга быыстала суох ыытыллаллар. Маны таһынан, Москва, Санкт – Петербург концертнай саалаларыгар, 20-тэн тахса омук дойдуларыгар муусука оскуолатын иитиллээччилэрин талааннарыгар сүгүруйээччилэр сылын ахсын элбээн иһэллэрэ биһигини үөрдэр уонна сөптөөх хайысханан баран иһэрбитин туоһулуур.

  Маны таһынан үөрэнээччилэр уонна студеннар симфоническай, камернай, духовой оркестрдара, скрипачтар, виолончелистар, флейтистэр ансаамбыллара бэйэлэрэ туспа программалаах концертары тэрийэн ыыталлар, творческай конкурстарга кыттан лауреат үрдүк аатын ылары ситиһэллэр.

  Студеннар уонна үөрэнээччилэр үөрэнэр кэмнэригэр анал практикаларын Государственнай филармония, Опера уонна балет театрын, Государственнай цирк оркестрдарыгар, хордарыгар, республика музыкальнай оскуолаларыгар бараллара инники талан ылбыт идэлэрин баһылыырга сүрүн күүс буолар.  

  Михаил Ефимович бэйэтин төрөөбүт күнүгэр үөрэхтэригэр уонна творческай олохторугар улахан ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ уонна уһуйааччыларга «Билиигинэн кыайыыны ситис» диэн анал стипендия олохтообута. Сыл устата оҕолор ситиһиилэрин тус бэйэтэ кэтээн көрөн, сүүмэрдээн хамыыһыйа дьүүлүгэр таһаарара.

  Ол курдук, талааннаах музыканнар: Лена Дедюкина, Андрей Дедюкин, Нина Захарова, Игорь Захаров, Николай Едукин, Дарья Шахурдина, Павел Куприянов, Айсулуу Туркебаева араас сылларга стипендиат үрдүк аатын ылбыттара.

  Михаил Ефимович Муусука үрдүкү оскуолатын коллективыгар туруобут сыала – соруга, баҕарбыт баҕа санаалара олоххо киирбиттэринэн киэҥ туттабыт, үөрэнээччилэрбит уонна выпускниктарбыт ситиһиилэрэ ону туоһулууллар уонна инникитин өссө улахан бырайыактары олоххо киллэрэргэ коллектив биир санааннан улэлии сылдьар.

  Биһиги үөрэнээччилэрбит ситиһиилэрин көннөрү классическай муусуканы сөбүлүүр истэээччи эрэ буолбакка, музыкальнай критиктэр, профессордар, музыканы үөрэтээччилэр,  аан дойду консерваторияларыгар үлэлиир музыканнар билинэллэрэ, үрдүктүк сыаналыыллара оскуола коллективын салҕыы үлэлииргэ кынаттыыр.       

Муусука үрдүкү оскуолатын (үҥүстүүтэ) үлэһиттэрин түмсүүтэ