Олунньу 13 күнэ - Төрүт тылбыт күнэ!
Саха норуотугар улуу бырааһынньык! Cахалыы саҥарар буоламмыт Санааны сайа этэр кыахтаахпыт, төрүт тыл баар буолан- норуот үйэлээх.
Бу үөрүүлээх күнү көрсө биһиги оскуолабытыгар дорҕоонноохтук ааҕыы «Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах Сахам мандар саҥата» күрэх буолла. Бары көхтөөх кыттыыны ылан дьүүллүүр сүбэни, ыалдьыттары үөртүлэр.
Кыттааччылар кыра кылаас бөлөх уонна үрдүк кылаас бөлөҕө диэн арахсан улуу Саха поэттар хоһооннорун сырдаттылар.
- Биирдии буолан кыттыыга 5-8 кылаастарга:
2 үктэли ылла - Хлебникова Магдалена;
3 үктэли ылла - Николаева Дайана.
- 2-4 кылаастарга:
2 үктэли ылла - Колодинская Айыына;
3 үктэли ылла - Баснаева Саша.
- Бөлөҕүнэн кыттыыга 2-4 кылаастартан
2 үктэли ыллылар - 17 коттедж иитэллээччилэрэ.
- 5-8 кылаастартан:
2 үктэли ыллылар 7 кылаас бөлөҕө.
Маны таһынан дьүүллүүр сүбэ ураты ааҕыыны бэлиэтээн, талан, кэккэ кыттыылаахтарга Анал ааттары биэртэлээтэ.
- «Дор5оонноох этээччи» - Петрова Лилиана 3 кылаас Салайааччы Варламова Л.А.;
- «Көмүс күөмэйдээх этээччи» - Устинова Сайаана 8 кылаас үөрэнээччитэ;
- «Хомо5ой тыллаах этээччи» - Лиханова Елена 4 кылаас үөрэнээччитэ;
- «Умсугутуулаах этээччи» - 4 коттедж иитиллээччилэригэр туттарылынна- Салайааччы - Бочкарева Евдокия Петровна
- «Итэ5этиилээх тыл-өс» - Султанова Алина 4 кылаас үөрэнээччитэ.
Фотографии с мероприятия по ссылке.